10:56 I РНПК "Староватовские чтения" | |
Олоҕун барытын төрөөбүт норуотугар сулууспалааһыҥҥа анаабыт учуутал, уопсастыбаннай диэйэтэл, кыраайы үөрэтээччи, сахалартан Үлэ Дьоруойа, Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера Петр Хрисанфович Староватов төрөөбүтэ 145 сылыгар аналлаах региональнай “Маҥнайгы Староватовскай ааҕыы” ахсынньы 13 күнүгэр кини аатын сүгэр Элгээйи орто оскуолатын таас уораҕайыгар дээх үрдүк тэрээһиннээхтик буолан ааста. Үөрүүлээҕэ диэн баар П.Х.Староватов аатын биһиги оскуолабытыгар иҥэрбиттэрэ быйыл эмиэ үбүлүөйэ, 90 сыла. Конференцияҕа барыта 74 үөрэнээччи, учуутал, иитээччи, эбии үөрэхтээһин үлэһитэ кыттыыны ылла. Оҕолорго 3 секция, учууталларага, иитээччилэргэ, эбии үөрэхтээһин үлэһиттэригэр 3 секция үлэлээтэ. Хас биирдии секцияҕа үөрэх управлениетыттан, араас оскуолалартан түөртүү киһилээх экспертэр үлэлээлитэр. Конференция үлэтин түмүгүнэн оҕолорго I секция “П.Х.Староватов–педагог–исследователь родного края”, 1 м. – Коркин Егор, 8 кыл., Элгээйи орто оскуолата (сал.Григорьева Т.Н.), 2 м. – Иванов Кэскил, 10 кыл., Элгээйи орто оскуолата (сал.Михайлова А.А.), 3 м. – Константинова Радмила, 7 кыл., Элгээйи орто оскуолата (сал.Прокопьева С.Н.). II секция “Учителя-краеведы”, 8-11 кылаастарга, 1 м. - Максимова Николина, 8 кыл., Сиэйэ орто оскуолата (сал.Максимова О.П.), 2 м. - Макарова Ася, 8 кыл. Күндэйэ орто оскуолата (сал.Егорова М.Н.), 3м. - Сергеева Тамара, Сергеева Нарыйа, 9.10 кыл. Элгээйи орто оскуолата, 5-7 кылаастарга 1м. – Третьяков Антон, 5 кыл., Кутана орто оскуолата (сал.Третьякова Т.М.), 2м. – Попова Сайаана, 7 кыл., Сунтаар 1№ орто оскуолата, (сал.Семенова М.С.), 3м. – Сергеева Ася, 6 кыл., Сунтаар 1№ орто оскуолата. III секция “Влияние алмазодобывающей отрасли на экологию Вилюйского региона”, 1 м. – Петров Дьулусхан, 8 кыл., Элгээйи орто оскуолата (сал.Алексеева Р.А.), 2 м. – Петров Николай, 10 кыл. Маар-Күөл орто оскуолата (сал.Петрова О.А.), Афанасьева Нарыйа, 11 кыл., Элгээйи орто оскуолата (сал.Алексеева Р.А.), 3м. – Николаева Анна, 11 кыл. Сунтаар 1 № орто оскуолата (сал.Иванова А.П.), Степанов Алексей, 11 кыл. Элгээйи орто оскуолата (сал.Алексеева Р.А.). Учууталларга, иитээччилэргэ, эбии үөрэхтээһин үлэһиттэригэр I секция “П.Х.Староватов-педагог-исследователь родного края”, 1м. – Федотова В.В., Попова А.Н., Элгээйи орто оскуолатын алын кылааһын учууталлара, 2 м. – Постникова В.А., Элгээйи орто оскуолатын алын кылааһын учуутала, 3м – Павлова Л.Н., Элгээйи орто оскуолатын сахатылын, литературатын учуутала. II секция “Организация внеурочной деятельности по краеведению в ОУ, ДО, ДОУ”, 1м. – Ильина С.А., Львова Т.Л., Федорова О.А., Күүкэй орто оскуолатын учууталлара, Герасимова С,А., ЭРМЭК үлэһитэ, 2м. – Миронова Т.С., Элгээйи орто оскуолатын алын кылааһын учуутала, 3 м. – Антонова С.В., Дорофеева С.В., Мыреева Е.Ю., Петрова О.А., Федорова Л.И., Маар-Күөл орто оскуолатын учууталлара, Тихонова Т.Д., Сунтаар 1№ орто оскуолатын историяҕа учуутала, Николаева С.А., Күндэйэ “Күнчээн” оҕо саадын иитээччитэ, Мартынова С.Г., Кутана орто оскуолатын география учуутала. III секция “Музейная педагогика”, 1м. – Иванова Л.В., Элгээйи орто оскуолатын алын кылааһын учуутала, 2м. - Тихонова Т.Д., Сунтаар 1№ орто оскуолатын историяҕа учуутала, 3м. – Саввинова В.Д., Маарк-Күөл орто оскуолатын историяҕа учуутала, Наумова М.Н., Күндэйэ “Күнчээн” оҕо саадын иитээччитэ. Онон, П.Х.Староватов аата хаһан да умнуллубат, кини үтүө аата үйэлэргэ ааттана туруо. | |
|
Всего комментариев: 0 | |